Автор: Никандрова Лена Степановна – инструктор по физическому воспитанию МБДОУ “Детский сад № 15 “Кыымчаан” МР “Хангаласский улус РС(Я)”, Республика Саха (Якутия) Хангаласский улус , с. Улахан-Ан
Сыала:
• О5о хамсанар дьо5урун сайыннарыы;
• О5о кустээх санаатын, иннигэр тардыьыытын сайыннарыы;
• Коллектив иьигэр бэйэ бэйэ5э эйэ5эс сыьыаны уоскэтии, иитии;
Туттар тэриллэр: Ребристай дуоска, тоннель, кочкалар, Гимнастическай скамейкалар( 2 шт), мат, кегли( 12 шт), обручтар(4шт), сундук, таабырыннардаах кэмбиэрт, куобах оонньуура, кус ооньуура, улахан урдугэр олорон тэйиэккэлиир мээчик ( 2 шт), дуга(2 шт), корзина, хотуоскалар, ложка ( 2 шт), сымыыт, сибэккилэр, инньэ, инньэ сытар сыттыга, кэмпиэт, поднос.
Буолар сирэ: спортивнай сала
Кыттар дьоннор: Гном – инструктор;
Помощники- дети;
Белоснежка – улахан киьи ( чуочэ);
Залга гном киирэр.
Гном: Дорооболорун о5олоор! Миигин биллигит дуо?
О5олор: Биллибит.
Гном: Маладьыастар! Бугун биьиги о5олоор, ооньуохпут корулуохпут уонна куоталаьыахпыт.
Кутталллаах музыка тыыьыыр
Гном: Хара санаалаах Кащей биьиги Белоснежкабытын уоран илдьэ барбыт, уонна дирин да дирин хаспахха хаайан кэбиспит. Мин кинини быыьыахпын ба5арабын да…со5отох барыахпын куттанабын. О5олоор?! Эьиги миэхэ комолоьуоххут дуо?
О5олор: Комолоьуохпут!
Гном: Суолбут наьаа ыраах ээ, кутталлаах ба5айы. О5олоор, эьиги куттамаккыт дуо?
О5олор: Суох, суох!
Гном: Хата эьигини корсубутум наьаа учугэй. Кащейы хайдах кыайары билэ5ит дуо?
О5олор: Суох.
Гном: Кинини киьи кыайара ыараханнардаах, иннэ булуохха наада уонна ону алдьаттахха кини биирдэ олор. О5олоор?! Оччо5о бары инньэ кордуу барабыт ду?
О5олор : Барыахха!
Гном: Инньэбит сымыыкка баар, Сымыыппыт куска баар, Куспут куобахха баар, куобахпыт сундуукка баар. Аан бастаан сундуукпутун булуохха наада. Чэ о5олоор, ыраах, ыарахан айаммытыгар турунуо5ун.
Музыка тыаьыыр. О5олор гному кытары араас мэьэйдэри туорууллар. Ребристай дуосканы, тоннель, кочкалары, гимнастическай скамейканы, маты, кеглилары, обручтары.
Гном: О5олоор Биьиги сундуугу булан ыллыбыт. Сундуукпутугар туох да суох эбит, кэмбиэр эрэ баар. Арааьата Кащей инньэтэ ханна сытарын суруйбут быьылаах. Аа5ыаххайын эрэ! Пахай.Манна таабырыннар бааллар эбит. Чэ эрэ о5олоор! Таабырынна таайыаххарын:
• Иннин диэкки тэптэргит
Хаарга халтарыйан айанныбын ( Хайыьар)
• Тэйиттэххит аайытын
Тэйиэккэлии оонньуур
Мэник о5о сааскытын
Эрчимирдэн биэрэр ( Мээчик)
• Мууска эрэ уктэннэрбин ,
Халбас хара тэннээ5эбин,
Эти ханы сайыннарар
Эрчиллиигэ хаьайыммын ( Ханкы)
• Уьун онноох быанан
Ооньуурбун таптыыбын
Ыстанарбын, ойорбун
Олус да собулуубун.( Скакалка)
Сэппэрээк быыьыттан куобах костон кэлэр. Оо , куобахпыт бу сытар эбит дьи! Онтон икуьа ханна баарый? Куьу булар наадаттан , кутаны, ыркый ойууру, бэрэбинэ аннынан сыылыахха , муостанан урэ5и туоруохха наада эбит.
Эстафета:
1 этап « Кута»
О5олор биирдии колоннанан тураллар. Колонналарга 1 улахан урдугэр олорон тэйэр мээчик бэриллэр. Бастаан бастакы о5о мээчиккэ олорон тэйиэккэлээн эрдэттэн бэлэмнэммит флажогка( метка5а) тиийэр, уонна мээчигин илиитигэр туппутунан суурэн кэлэр. Уонна кини кэнниттэн турар о5о5о эстафетатын тиэрдэр ( илиитинэн таарыйар)
2 этап « Ойуур быыьынан айан»
О5олор биирдии колоннанан тураллар. Бастакы турар о5о кеглилар быстарынан змейканнан суурээр,Флажогу(метканы) эргийэр, тонноругэр суурэн кэлэр уонна эстафетатын кэнниттэн кэлэр о5о5о биэрэр( илиитинэн таарыйар)
3 этап « Бэрэбинэ аннынан»
О5олор биирдии колоннанан тураллар, бастакы о5о суурэр дуга аннынан сыыллан тахсар , флажогу(метканы) эргийэр уонна суурэн кэлэр уонна эстафетаны кини кэнниттэн кэлэр о5о5о биэрэр( илиитинэн таарыйар)
4 этап « Урэ5и муостаннан туорааьын»
О5олор биирдии колоннаннар тураллар, бастакы о5о суурэн баран гимнастическай скамейканы иьинэн сытан сыыллан туоруур, флажокка тиийэр, суурэн кэлэр, кини кэнниттэн кэлэр о5о5о эстафетатын биэрэр (илиитинэн таарыйар).
Гном: Оо, мин о5олорум маладьыастар! Сатанныбыт.
Хомустар быыстарыгар кус уста сылдьар эбит.
Гном: О5олоор, корун эрэ, куспут бу уста сытар эбит дьи! Уай, куспутугар инньэбит эмиэ суох эбит дьи! Бу аттыгар корзина баар эбит дьи толору таастаах,.? Ба5ар сымыыппыт бу таастар анныларыгар сытара буолуо дьи. Чэ эрэ о5олоор!Икки хамаанда5а арахсан бу таастары атын сиргэ таьыа5ын.
Хамаанданнан о5олор ложканнан таастары атын сиргэ таьаллар.
Гном: Хайа о5олоор! Корун эрэ! Сымыыппыт таастар анныларыгар сыппыт эбит дьи, Ураа сымыыппытын буллубут!!! Чэ кащей Сэрэн биьигиттэн!!!
Арай сымыыты арыйбыттар сымыыт иьэ кураанах. Инньэ суох.
Гном: Хайа инньэбит ханна туьэн хаалбытый? Ба5ар бу сибэккилэр анныларыгар туспутэ буолуо ду? О5олоор бу сибэккилэри баьаалыста хомуйан миэхэ а5алын эрэ?!
О5олор сибэкки хомуйаллар, сибэкки анныгар сыттыкка Хара Санаалаах Кащейы кыайар инньэни булан ылаллар.
Гном: Инньэни буллубут ураа!!! Белоснежкабыт быыьанна!!!!
Музыка тыаьыыр, Белоснежка киирээн кэлэр.
Белоснежка: Дорооболорун Оолоор!!! Мин ор да ор бу Хара саналаах Кащей хаспа5ыгар сыттым, бу ыраас куну, бу халлааны , бу ыраас оруспутун корбото5ум ыраатта. О5олоор эьиги Гномна миигин кордуургэ комолспуккутугэр улахан махталбын тиэрдэбин эьиги , уонна бу эьиэхэ кыра бэлэхпин туттарабын. О5олорум барахсаттар сылайбыккыт буолуо маннык улугэрдээх айанна сылдьанныт. Чэ быраьайдаьыаххарын аныгыскына корсуоххэ диэри!!!!